Page 131 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 131

Оҥкучах — сир оҥо хаһыллыбыта, дириҥээбитэ.
Өтөх — урут ыал олоро сылдьыбыт сирэ, киһи олорбот буолбут, хаалбыт дьиэ.
Саарба — күндү түүлээх, сиэмэх соҕус тыа кыыла; киис.
Самныма — кыайтарыма, охтума. Сарбынньах — туох эмэ салаата, чорбоҕо. Сиидэс — миэтэрэнэн атыыланар таҥас көрүҥэ;
чараас матырыйаал.
Сис тыа — икки уу (үрэх, күөл) тардыытын
араартыыр арҕастыы үрдүк сир халыҥ тыата. Сонордьут — күндү түүлээҕи бултааччы. Сөҕөр — өйүгэр сатаан киллэрбэт. Сурдьу — быраат.
Сүүнэ — атыннык улахан.
Сыгынах — силистэри түөрүллэн охтубут ула­ хан мас, дүлүҥ.
Сыыдам — суһал сырыылаах.
Сэргэх — тыаһы­ууһу түргэнник истимтиэ, би­ лимтиэ, уһуктумтуо.
Төҥүргэс — туох эмэ төрдө, силиһэ; кэрдил­ либит мас чөҥөчөгө.
Тутум — киһи илиитинэн, хол., быаны бобо туттаҕына, ытыһа төһө сири ылара, сутуруктуу туп­ пут ытыһын кэтитэ (уста кээмэйин курдук туттул­ лар).
Тэлгэһэ — дьиэ таһыгар, от тэлгэтэн, сүөһүнү аһатар сир.
131
   



















































































   129   130   131   132   133