Page 133 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 133
Хоспох — дьиэ хаҥас ойоҕоһугар сыһыары ол бу малы, аһыүөлү уурарга аналлаах кыра намы һах тутуу.
Чохороон — кыракый сүгэ.
Чочунаах — алаастар халдьаайыларыгар, үрэх тэр хонууларыгар үүнэр, бүтэй синньигэс умнас таах хонуу лууга.
Чөкчөҥө — уу кытыытыгар, бадарааҥҥа сыл дьар уһун атахтардаах, уһун тумустаах кыракый көтөр.
Чуор — ыраахтан үчүгэйдик истэр.
Чүөмпэ — күөл, өрүс, үрэх ордук дириҥ уута, улаханнык дириҥиир сирэ.
Ылааҥы — күн уотун сылааһа биллэр, сылаас (сааһыары күн уотун сылааһа маҥнай биллэр кэ мигэр этиллэр).
Эбириэн — эриэн кыракыра ойуулардаах.
Эрбэһин — дороххой, уһун умнастаах, салбах таах сэбирдэхтээх от.
133