Page 132 - Саха тыла 2 кылаас 2 чааһа
P. 132

 Тэһиин — акка икки өттүнэн үүнүгэр баайан салайар быа.
Тэтим — хайааһын төһө түргэнник буолара; туох эмэ барар, ыытыллар тиэмпэтэ.
Улун — харатыҥы көҕүстээх. Үрүҥ өрөҕөлөөх үксүн өрүскэ эрэ түһэр, балыгынан аһылыктанар көҕөн саҕа улахан кус.
Үгүрүө — болоорхойдуҥу күрүҥ дьүһүннээх, уһун тумустаах кыра бадараан көтөрө.
Үргүүк — бэрт кыраттан да соһуйар, куттанар.
Үрүйэ — сис тыа кэдээлинэн сүүрүгүрдэр сык­ кыс уу.
Үүн — ат төбөтүгэр кэтэрдиллэр куртан оҥоһуллубут ат тэрилин көрүҥэ.
Үүтээн — буор сыбахтаах кыра туруорбах балаҕан (үгүс өттүгэр булчуттар олорор дьиэлэрэ).
Хабархай — олус хатан аһыы амтаннаах. Халҕан — балаҕан тирии бүрүөһүннээх аана. Харалдьык — саас хаар ууллуутугар эрдэ ха­
раарбыт сир.
Хардаҕас — оһоххо отторго анаан мастаммыт
мас.
Хаһаас — туох эмэ кэлин туттарга, туһанарга
бэлэмнэнэн ууруллубута.
Ходуһа — оттонор сир.
Холумтан — саха оһоҕун иннигэр уот оттор­
го, ас буһарарга анаан буорунан симэн оҥорор
үрдэтии.
 132
   















































































   130   131   132   133   134