Page 136 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 136
Быґаарыылаах тылдьыт
Атах кээһэ тур (кэпс.) — барыахтаах сириҥ диэки эрдэттэн бара тур.
Бараах — уһун синньигэс атахтардаах, уһун тумустаах, бултанар кыра уубадараан көтөрө.
Дабархай — кытархай, сыстаҥнас, ууллаҕас мас сы- малата.
Дьиппиэр — саҥатаиҥэтэ суох олус боччумур, ты йыһыр.
Дьоро киэһэ — элбэх, үчүгэй астаахүөллээх үөрүүлээх киэһэ.
Дьоруолуу — уҥа эбэтэр хаҥас атахтарын наар ылы- талаан сиэлэр, хаамар ыккардынан айанныыр (ат).
Дырай — лаппа уһун атахтардаах буол, уһун атахтар- гынан хаамп, сүүр.
Илин-кэлин кэбиһэр — дьахтар түөһүгэр уонна көх сүгэр иилинэр араас ойуулаах үрүҥ көмүс симэҕэ. Илин кэбиһэр кэлин кэбиһэрдээҕэр кылгас, кэтит, уон иккигэ тиийэ кэккэ илбиргэстээх буолар.
Иһэлийэн — үлүйэн иһэн, дарбайан тахсыбыт (киһи этин туһунан).
Итир былыт — үөһэнэн сылдьар үрүҥ чараас кэр диистиҥи көрүҥнээх уһун синньигэс былыттар (үксүгэр сайын ыраас, куйаас кэмҥэ көстөөччүлэр).
Иэримэ дьиэ — 1. Төрөөбүтүөскээбит дьиэ. 2. Үлэ лииргэхамсыырга олорорго аналлаах, ситэри тэриллээх, киһи кутасүрэ тохтуур, киэҥкуоҥ, нус бараан дьиэ.
Кулгаах таас — киһи кулгааҕын кэннинэн чочойор уҥуоҕа.
Куоҕай — уһунсинньигэс туох эмэ туһунан: үөһээ түгүнэн токуруй, санньылый.
өт
136