Page 137 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 137
Кураахтаах саа — саха чаачар саата, ох саа. Курбуулаа — тугу эмэ уһун синньигэһинэн быһа биэр. Куруҥ — уот сиэн хаппыт мастаах тыа.
Күдээрий — салгыҥҥа өрүкүйэ көтөн таҕыс (хол.,
буор, хаар).
Күрбэ таас — кылааккайдаммыт бөлтөркөй улахан
таас.
Күкүр хайа — туруору үрдүк хайа.
Күрэҥ — кытарымтыйан көстөр бороҥ.
Күөх сах (эргэр.) — саас сирдойду көҕөрбүт кэмэ. Күүрээннээх — киһи (дьон) күүрээннэнэн, улаханнык
турунан оҥорор; уҕараабат дьулуурдаах.
Көҕүөр (аат., эргэр.) — тирииттэн оҥоһуллар култаҕар
түгэхтээх кымыс иһитэ. Көҕүөр симиир — көҕүөр арааһа (сири иһиттэн кыра буолар).
Көмнөх — маска, мас лабааларыгар түһэн мустубут хаар.
Көмүрүө хаар — кыһыҥҥы хаар алын өттө мууһурбута, бөдөҥ муус кристалларга кубулуйбута.
Көпсөркөй — чиҥэ суох, сахсархай (хол., почваны этэргэ).
Кэкэ-бука — тиит умнаһын эргийэ хаама сылдьан үөнүнэн аһылыктанар, мас көҥдөйүгэр уйаланар, кыстыыр кыра бороҥ чыычаах.
Кэрискэ — күөлү, сыһыыны тулалыыр тыа саҕата.
Мутугунан быраҕар муҥур үйэ — киһи үйэтэ олус кылгас диэн этии.
Оттомноох — онуманы дьоһуннаан өйдүүр, дьоһун наахха болҕойумтуо; дуоспуруннаах.
Саамал кымыс — сабыссаҥа бэлэмнэниллибит аан- ньа аһыйбатах сылаас сибиэһэй кымыс.
Саллаҕар (кэпс.) — бэйэтигэр холоотоххо лаппа ула- хан төбөлөөх.
137