Page 139 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 139

Суор хараҕын харахтанар (Суор хараҕын сиэбит киһи) — эрдэ турар, кыратык утуйар.
Сүрэхтээх (православнай) аат (аата) — христианскай православнай итэҕэл тэнийбитин кэнниттэн иҥэриллибит аата.
Сылбырҕа — түргэн уонна сымса хамсаныылаах, таба туттарбат.
Сылгы ньургуһуна — ньургуһуҥҥа маарынныыр ып­ ыраас маҥан сибэккилээх, бэс­от ыйдарыгар сибэккилэ- нэр от (нууч. ветреница лесная).
ТоІ күөс быстыҥа — саха оһоҕор күөстээх ас буһан тахсар кэмэ, биир чаас кэриҥэ.
Туоһахта — кыыл, көтөр, сүөһү сүүһүгэр чүіччэрдии (төгүрүк) үрүҥ ойуу.
Тураҕас — сиэлэ, кутуруга, уорҕата харааран, ойо­ ҕосторо кытаран көстөр дьүһүннээх (сылгы).
Хагдаҥ эһэ — тыалаах, хайалаах сиргэ олохсуйар хараҥа күрүҥ дьүһүннээх эһэ.
Халҕан — аан.
Хараастар — санааргыыр.
Хоппо — ол­бу бөдөІү, элбэҕи кутарга аналлаах
дьааһыктыы быһыылаах, мара оҥоһуулаах улахан мас иһит, куорап (хол., икки мастаах хоппоҕо туонна кэриҥэ балык киирэр).
Чөмчөкө — киһи­сүөһү төбөтүн уҥуоҕа.
Чээлэй — ыраас, чэгиэн, чаҕылхай.
Ылаарбыт — сылыйбыт.
Ылааҥы — күн уотун сылааһа биллэр, сылаас. Ытарча — тугу эмэ кытаатыннараары хос, кыбыта
саайыллар мас, тимир.
Элэмэс — эриэннээх, эриэн дьүһүннээх (сылгыга,
табаҕа туттуллар).
139
   














































































   137   138   139   140   141