Page 138 - Саха тыла 3 кылаас 1 чааһа
P. 138

Саранча — халыІ μірμнэн кітін, кіґі сылдьан μμнээ­ йини сиир μгμс дойдуга тар±аммыт аґыІа бииґэ.
Суптугур — улам синньээн уһуктанан бүтэр.
Саппай уопсан — ким­туох эмэ кэнниттэн хаалсыма, тэҥҥэ кэриэтэ сырыт.
Саһыл хонуу — кыра хойуу оттоох, үчүгэй кырыстаах көнө сир.
Сатыы былыт — алларанан сылдьар былыт.
Силбик — ардах уонна ардахтан от­мас инчэҕэйэ. Сир быта — 1. Бэрт сэмэй, лоп бааччы, бүгүрү үлэһит
киһи (кыра уҥуохтаах киһи туһунан) мындыр киһи. 2. Киэҥ билиилээх, барыны бары билэр киһи. 3. Саҥата­иҥэтэ, иҥэ­дьаҥа суох киһи.
Сир симэҕэ — 1. Хонуу сибэккитэ, сибэкки. 2. Хонуу­ га сайын эрдэ тыллар кыра сэбирдэхтээх күөх сибэкки.
Сир түннүгэ (кэпс.) — өйдөөх, киэҥ билиилээх­кө­ рүүлээх, бөлүһүөк киһи.
Сис — икки уу (үрэх, күөл) тардыытын араартыыр арҕастыы үрдүк сир (мастаах эбэтэр маһа суох); оннук сир халыҥ тыата.
Сис былыт — кыһын ортотугар (тохсунньу эргэтигэр) кэлэр хас да хонуктаах былыт, ол былыт кэлиэҕиттэн ыла тымныы күүһэ мөлтүүр.
Сиэн μрэх — күөлтэн тахсар үрэх.
Сомоҕо — арахсыспакка, бытарыйбакка бүтүннүү кэ- лим сылдьар.
Соһо былыт — кытаран көстөр былыт.
Сохсо — булду баттатан өлөрөргө аналлаах маһынан оҥоһуллар оҥоһук.
Субай сүөһү — ыччат сүөһү, төрүү­ууһуу илик сүөһү, кытарах, ыаммат сүөһү.
Суолун хайар — суоллуур, суолунан ханан барбытын, нна баарын билэр.
 138
ха
    















































































   136   137   138   139   140