Page 85 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 85
Уонна кэлин киһиргиирэ:
— Эриэн үөнтэн куоттум, — диирэ,
Киһи күлүөх, киһи сөҕүөх
Куттас да этэ — кус сүрэх. Окко олорор баҕаттан
Уолуйа куттаммыта, Хапхалыгырас бэйэтэ:
— Харахадьыыл дуу? — диэбитэ,
Киһи күлүөх, киһи сөҕүөх
Куттас да этэ — кус сүрэх. Эриэнин аанньа моҕотойтон
Эмиэ олус толлубуттаах:
— Баабыр быһыылаах! — диэбитэ, Бултаспакка дьиэлээбитэ.
Киһи күлүөх, киһи сөҕүөх
Куттас да этэ — кус сүрэх. Ньирэйи: «Кэйиик оҕус», — диир, Тугуту: «Иирбит тайах», — диир, Онтон чалым чалбаҕы:
— Айыбыан, дириҥ баҕайы Чүөмпэ*! — диэн атыллаабат. Үрэххэ, тыый! — чугаһаабат.
Киһи күлүөх, киһи сөҕүөх
Куттас да этэ — кус сүрэх. Бэл, ийэтэ бэркиһиирэ:
— Наһаа хоргус, көлөөх*! — диирэ, Ол кыыстан кэлэйэммит
Ханна да илпэт этибит.
Хоргус кыыһы — кус сүрэҕи, Хоргус кыыһы — кус сүрэҕи.
Семён Данилов
85