Page 86 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 86
yyЭтии туһунан тугу билэргин сааһылаан кэпсэтис. yyБэлиэтэммит тыллар суолталарын быһаарыылаах тыл-
дьыттан бул.
13. Төлөпүөнүнэн таба туһаныы быраабылатын санаа.
yyБу быраабыла тоҕо нааданый?
yyТөлөпүөнүнэн таба туһаныы быраабылатын төһө туту
һаҕыный?
Этии
Саҥарарга киһи куолаһа араастаан уларыйар: намтыыр, үрдүүр. Ону интонация диэн ааттанар. Интонация ис санааны сөпкө тиэрдэргэ туһалаах. Сэһэн этии бүтүүтүгэр куолас намтыыр, оттон со руйар, ыйытыы, күүһүрдүү этиилэргэ үрдүүр.
1. Аах. Тэҥнээ.
I. Хатыҥ, чэбдик, ытаабыт, икки, ол, маҥан, биһиги.
II. 1. Серёжалаах Алёша суолтан чыычаах оҕотун бул лулар. 2. Ханна бардыҥ? 3. Кыһын.
2. Аах.
— Аҕам кэлбит.
— Аҕам кэлбит дуо?
— Аҕаа, кэл.
— Иэхэйбиин, аҕам кэлбит!
yyЭтии туһунан тугу билэргин сааһылаан кэпсээ.
86