Page 87 - Саха тыла 4 кылаас 2 чааһа
P. 87
3. Аах. Сурук бэлиэлэрин туруоран уһул.
Тукаам, ити обургу бааҥканы эн тут Кыракый күөл кытылыгар балыксыт Харачаан кэргэнинээн олорбута Бу киинэ туох туһунан эбитий Оо, үчүгэй да этэ Миша уон на Левка тэлгэһэҕэ оонньуу сырыттылар Хата, бу дьикти буолла Оҕолор, эһигини ким ордук таптыыр, аһынар Ити уол оонньууру ылыаҕа, үчүгэйдик көрө сырыт
yyТаба интонациялаан ааҕарга дьарыктан. 4. Аах. Тэҥнээ.
1. Ыраас күн чэмэличчи тыкта. 2. Сөмөлүөт көттө. 3. Эмискэ күүстээх тыал сирилэччи үрдэ. 4. Биһиги оло робут. 5. Самыыр түһэр. 6. Оҕолор тыаттан күүлэйдээн кэллилэр. 7. Былыт устар. 8. Оҕонньор сүөһү маныыр.
yyЭтиилэр тутаах чилиэннэрин бул.
yyБэлиэтэммит тыл дорҕоонун, буукубатын ахсаанын ый.
5. Этиилэри тэнитэн суруй. Саас кэллэ. Сылаас буолла.
6. Сыһыарыылары ситэрэн аах.
Мин дьиэ.. төннөн испитим. Күнү быһа тоҥуу хаар.. кэһэн, сылайбыт курдук этим да, өйүмсанаам чэбдигир битэ сүрдээх. Тула.. кэрэхсии көрө иһэбин. Хараҥаран эрэр. Мас.. биир кэм боруоран көстөллөр. Хаар үрдэ көҕөрүмтүйэн сытар. Тулабар көбүскөнө, уһун, дьылыгы рас тиит.. хороһон тураллар. Тыасуус суох, хайдах эрэ иһиллээбит курдук.
Иннокентий Сосин
87