Page 135 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 135

3. Хотой туһунан ту гу биллиҥ? Ол туһунан тиэ-
             кис тылларын туһанан кэпсээ.

    Хотойу былыргы оҕонньоттор көтөр кынаттаах
бииһин ууһун ыраахтааҕыта дииллэрэ. Кырдьык
даҕаны, бөдөҥүнэн, күүһүнэн-уоҕунан да көтөр
бастыҥа буоллаҕа. Кини Саха сиригэр кыстаабат.
Саас эрдэ кэлэр, итии дойдуларга хойут төннөр.
Мин эһэм: «Хотой тохсунньу ый тоҕус эргэтигэр
уйатын хаардаан барар», — диир буолара. Бу чах-
чы омуннааһын буолуон сөп. Ол эрээри хотой,
хаар олох мөлүөрэ илигинэ кэлэн, үөһэ кый хал-
лаанынан тэлээрэ, кэлбит үөрүүтүгэр төрөөбүт си-
рин көрө-истэ, үөһэ-аллара көрүлүү көтө сылдьа-
рын мин элбэхтик көрөр этим. Оттон хойуу үөр
туллугу кытта аргыстаһан кэлэр, туллугу өйүөлэнэр
дииллэрэ олохтоох.

    Хотой оҕото икки буолар. Сымыыттаан сытта-
ҕына, уйатыгар чугаһыыр бэрт кутталлаах. Бэл
ханнык да ыты чугаһаппат, хайыта тэбиэн, тобулу-
та тоҥсуйуон, тута өлөрүөн сөп. Уйатын баараҕай
тиит төргүү, хас да суон мутуктарыгар киэҥ,
арбаҕар, бэйэтигэр сөрү-сөп гына оҥостор. Уйа
сонос, онтон улам-улам нарын лабааларынан ту-
туллар. Түгэҕэ көтөҕө, от-мас сэбирдэҕэ, араас
көтөр түүлэриттэн оҥоһуллубут буолар. Дьэ, нал-
быйан уйа да уйа! Кыра бугул саҕа үллэн оло-
   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140