Page 130 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 130
Оттоох сарай үрдүгэр
Уйа тутан ыйаатым.
От күөх сыатын хомуйан
Остуол үөһэ ас тартым.
Утатыахтара диэммин
Уулаах удьаа* уурдум,
Тоҥуохтара диэммин
Долбуурунан саптым.
Кэлиҥ, манна олоруҥ,
Кирэ-хаҕа суох, ыраас:
Кыбыыларга тоҥумаҥ,
Кэлиҥ, манна сып-сылаас.
Эн чыычаахтар тустарынан ту гу билэргин үллэ-
һин.
Тылбытын байытабыт
Кыбы ы — дьиэ таһыгар от тоҕор күрүө.
Дал — хотон таһыгар сүөһүнү хаайан аһатар
бүтэй.
К ии — хаппы т, курсуйбут сүөһү сааҕа.
Удьаа — уһун уктаах дириҥ, улахан мас хамыйах
(хомуостан кыра, хамыйахтан улахан).