Page 126 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 126
Маҥнайгы кыыдаантан*
Барабыай чыычаах,
Өс киирбэх муҥутаан,
Үөрдэ быһыылаах.
Көччүйэ көнньүөрэн,
Көт да көт, түс да түс.
Түргэнэ эбиллэн,
Түбүгэ да үгүс.
Кыһыны туораары
Кыната тыастанна.
Тоҥ талах лабаатын
Тоҥсуйда астына.
Кураанах уһааты
Өҥөйөөт кэлэйдэ.
Хортуоппуй сиригэр
Өр соҕус кирийдэ.
Куукуна ааныгар
Хортуоска хомуста,
Тиэргэни биир гына,
Тирилии сырытта.
Барыҥый сабыыта
Барабыай, сөп буолан,
Оҕолорун муста,
Ыалларын ыҥырда.