Page 128 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 128

Барабыай кыһаммат
           Буолбутун кэннэ...
           Кыһынтан баран мин
           Кымаардыам дуо эгэ?!

           Хата дьэ сотору
           Хайыһар тэбиэҕим —
           Хайаны, хочону
           Хастааммын тэлиэҕим.

           Үтүө хаар, түс, күннээ,
           Үллүктээ, үҥкүүлээ!
           Тэбэн биэр, тэйэн биэр,
           Чиэс, хай±ал эйиэхэ!

Тылбытын байытабыт

Аҥый —     үргүй, үр (тымныы салгын, тыал
туһунан).

Көй — элбэх, дэлэй.

Алар — арыы тыа, сыһыыга үүммүт бөлөх мас.

Күдээрэн — куһаҕаннык, борук-сорук буолан.

Уорааннаах — олус тымныы.

Тууспан — күүстээх.
   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133