Page 127 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 127
«Саҥа хаартан, түксү,
Санаарҕаамаҥ: түстүн!
Уорааннаах* кыһыны
Уруйдаан көрсүөҕүҥ.
Тууспанныыр* тымныыны
Тулуйан, этэҥҥэ,
Биһиги самана
Бэрт диэнник туоруохпут».
Атыттара бары
Айдаара түстүлэр:
«Кырдьык да, чыбы-чып,
Кыһыны кыайыахпыт!»
Сыттык мас анныгар,
Оһох чугаһыгар,
Сылаас сир баарыгар
Олох булуннулар.
Хоннохторугар
Төбөлөрүн кистээн,
Хотугу тыал тыаһын
Түүл оҥоһуннулар.
Халлаан сабыстан,
Хараҥа күүһүрдэ.
Халыҥнык сабыллан,
Хаар буолла сир үрдэ.