Page 137 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 137
Константин Ушинскай
ХОТОЙ УОННА КУОСКА
1. К уоска хотойу к ы тта тоҕо охсуста?
2. Хайалара кыайда?
3. К уоска бэйэтин бааһыгар тоҕо кыһаммата?
4. Былааны туһанан кэпсээ.
а) Дэриэбинэ кэтэҕэр.
б) А лдьархай.
в) Охсуһуу.
г) Кыайыы.
Дэриэбинэ кэтэҕэр куоска оҕолорун кытта көр-
дөөхтүк оонньуу сырытта. Сааскы ылааҥы* сы-
лааһыттан бу кыра кэргэн олус үөрдэ-көттө. Эмис-
кэ, хантан кэлбитэ биллибэккэ, хонуу куйаар сүү-
нэ* хотойо, үөһэттэн чаҕылҕанныы сурулаан түстэ
да, куоска биир оҕотун харбаан ылла. Хотой көтөн
тахсыан икки ардыгар ийэ куоска киниэхэ хата-
на түстэ*. Хотой күтүр, куоска оҕотун быраҕан,
ийэ куосканы кытта охсуһан барда. Алдьархайдаах
oxcyhyy оргуйда.
Күүстээх кынаттардаах, кытаанах тумустаах,
дэгиэ хара тыҥырахтардаах хотой куосканы хото
тута. Куоска тириитин тырыта тыытта, a ia p хараҕын
тобулу тоҥсуйда. Ол да буоллар куоска эр санаа-