Page 141 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 141

АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН
                КИСТЭЛЭҤНЭРЭ

  «Биһиги доҕотторбут» салааҕа тулалыыр эй-
гэҕэр баар үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр олохто-
рун туһунан аахтыҥ, биллиҥ. Онно эмиэ араас
түгэн баарын, сиэр-майгы көстүүтүн билистиҥ,
быһаарар буоллуҥ.

  Тыынар-тыыннаахха уонна үүнээйигэ бэйэ сы-
һыанын кэпсииргэ үөрэнниҥ. Уус-уран уонна
биллэрэр тиэкистэри араарар буоллуҥ. Кини-
гэлэри тиэмэлэринэн наардыыры сатыыгын. Ху-
дуоһунньук ойуутун айымньыга сыһыаран кэп-
сиир дьоҕургун сайыннардыҥ уонна таптыыр
дьиэтээҕи кыылыҥ туһунан бэйэ кэпсээнин
айдыҥ.

  «Таптыыбын бары тыынар тыыннааҕы» диэн
айар бырайыакка истиэнэ хаһыатын оҥорустуҥ.
Айар бырайыак төһө табыллыбытын, ханнык
ыарырҕатар түгэннэр баар буолалларын бы-
һаарыстыҥ. Бастыҥ хаһыаты бэчээттээн, оскуолаҥ
оҕолоругар, атын тэрилтэлэргэ бэлэх оҥорустуҥ.
   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146