Page 145 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 145
Суорун Омоллоон
ДОҔОРДУУЛАР
1. А й ы м н ь ы н ы болҕойон аах.
2. Бу туох айымньыный? Ким суруйбутуИ?
3. Кэпсээн дьоруойдарын быһаар.
4. Стасиктаах Толя Ньукуучаны хайдах быы-
һаабыттарын ааҕан иһитиннэр.
5. Ааптар туох санааны этэрий? Ону бэлиэтиир
тыллары тиэкистэн бул.
6. Былааны туһанан, кэпсээ:
а) Кэпсээн дьоруойдара ким нээхтэрий?
б) А й ы м н ь ы га дьыл хайа кэмэ кэпсэнэрий?
в) Стасик тоҕо үрэххэ барда?
г) Онно туох быһылаан буолла?
д) Кэпсээн дьоруойдарыгар эн сыһыаныҥ.
Биир бөһүөлэккэ ыкса ыаллыы үс оҕо олорбут-
тара: Толя, Стасик уонна Ньукууча. Кинилэр үһүөн
биир оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Бииргэ сылдьаллара,
бииргэ оонньууллара. Ньукууча маҥнайгы кылаас-
ка үөрэнэрэ, Стасик — төрдүскэ, Толя — үһүскэ.
Күһүн этэ. Үрэх мууһа саҥа тоҥмута. Ол гынан
баран хаар өссө түһэ илигэ.
Оскуолаттан дьиэтигэр бастаан сэллэйбит кыра
Ньукууча кэлэрэ. Онтон Стасик уонна Толя кэлэл-
лэрэ. Ньукууча холкуос булчута эбэҥки оҕото этэ,