Page 146 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 146
оттон Стасик — нуучча, Толя — саха. Кинилэр
оскуолаттан кэллэллэр эрэ көрсүһэллэрэ.
Биирдэ Стасик дьиэтигэр кэлбитэ, били урут
кэлээччи Ньукууча дьиэтигэр суох этэ.
Тоҕо хойутаатаҕар диэн Стасик мунаара са-
наабыта. Онтон Ньукууча саҥа хаҥкы атыыласпы-
тын өйдөөн кэлбитэ. Маны өйдөөн баран, Стасик
доҕорун көрдүү үрэххэ киирбитэ. Кини үрэх сыы-
рын үрдүнэн хааман испитэ. Ол иһэн көрдөҕүнэ,
арай доҕоро Ньукууча мууска сытар эбит. Өйдөөн
көрбүтэ — сиикэйгэ* түспүт. Икки хонноҕун ан-
ныттан иҥнэн хаалбыт уонна аҥар илиитинэн
далбаатыы-далбаатыы, аатын эрэ хаһыытыы са-
тыыр быһыылаах.
Маны көрөн баран Стасик ыксаата. Бокуойа суох
мууска сүүрэн киирдэ. Арай мууһа тыаһаан, тостон,
уу тахсан барда. Чап-чараас, бырдырҕас, киһини
уйбат эбит. Стасик мантан куттанан, чугурус гынан
төттөрү ыстанна. Муус тостон, киһи бэйэтэ ууга
барыах курдук. Ол да буоллар Стасик доҕорун ха-
йаан да быыһыырга сананна. Кини, санаа булунан,
толкуйдуу түһэн баран, сыыр үрдүгэр өрө сүүрэн
таҕыста. Тахсан ураҕаһы сулбу тардан ылла. Он-
тон ол ураҕаһын туппутунан мууска хаптаччы сы-
тынан кэбистэ уонна доҕорун диэки сыылбытынан
барда. Кини Ньукуучаҕа балай эрэ чугаһаата. Ол
гынан баран, сиикэй мэһэйдээн, аны илиитэ тии-