Page 151 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 151
Дохсун Кеша хаһыыта
Доҕотторун куттаата,
Ытырбыта бэрдиттэн
Ыйаанан тахсыбыт
Ырах-тырах моҕотой
Ыраах сиргэ эһиллэр.
Мохсоҕолбут сымсатык
Моҕотойго ыстанар...
Ити үөрүү кэнниттэн
Иккис эриэн моҕотой
Титириккэ тахсыбыт,
Тилигирии сылдьыбыт.
Сул курбуу маһынан
Соҕотохто охсуунан
Дэлби биэрэн түһэрээт,
Хорсун Ваня моҕотойу
Хабан ылан сиэбигэр
Хараҕалаан* кэбистэ.
Булчут бэрдэ эрэттэр
Өссө баран истилэр,
Охсуллууттан туймаарбыт
Ордьо тиистээх моҕотой
Тиллэн сиэпкэ өйдөннө,
Тилигирии мөҕүстэ.
Ваня баара куттанан
Барыан-кэлиэн булбата,
Сарылаччы ытаата,
1«