Page 155 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 155
Амма Аччыгыйа
ИККИС «ТОҔО?»
1.Кэпсээни учуутал ааҕарыгар болҕойон иһит.
2 . Кэпсээн дьоруойдарын этитэлээ.
3. Кы ргы ттар уонна ийэлэр саҥаларын сөпкө
табан аах.
4 . Айы мньы туох сүрүн санааны арыйарый?
5. Кэпсээни хайдах ааттыахха сөбүй?
6. А йы м ньы ны чаастарга арааран, хас биирдии
чааһын ааттаа. Кэпсээн былаанын оҥор.
Катялаах Люба сүрдээх доҕордуулар. Маамала-
ра буоллахтарына тоҕо эрэ сөбүлэспэттэр. Кыргыт-
тар оскуолаҕа биир паартаҕа олороллор. Бииргэ
оонньууллар. Маамалар суолга көрсүһэ түстэхтэри-
нэ, киэр хайысыһан ааһаллар.
Биирдэ Люба улаханнык ыалдьан, балыыһаҕа
киирдэ. Катя доҕорун сүрдээхтик аһына сырыт-
та. Күнүс паартатыгар соҕотоҕун олорон мэлдьи
доҕорун саныыр, киэһэ утуйаары сытан кистээн
ытыыр буолла, кини улам сирэйэ кубарыйан, дьү-
дьэйэн* барда. Биир киэһэ маамата эттэ:
— Катя, бу аҕыйах хонуктан бэттэх эн тоҕо
эрэ дьүдьэйэн эрэҕин эбээт. Ампаарга буочука
муҥунан отон турар. Онтон ылан бэйэҥ да сиэ,
доҕотторгор да бэрсэ сырыт.