Page 157 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 157

һөрдөөх буолар эбиккин дии, Василиса Иванов-
на, — диэтэ Катя маамата.

    — Бэйэм туспар көрдөспөтүм... Оҕом туһугар... —
Люба маамата ытамньыйда уонна аргыый тахсан
барда.

    — Ол оҕону эмиэ да аһынабын... Хайыах баҕайы-
быный? — диэн ботугураабытынан ол-бу диэки
көрбөхтөөн иһэн, Катя маамата соһуйа түстэ. —
Хайа бу, ытыыгын дуу?

    Остуолга умса туттан олорбут Катя ойон туран
тимир миискэни сулбу тардан ылла да, таһырдьа
сүүрэн таҕыста.

    — Тоҕо таҕыстыҥ, Катя? — диэн маамата кэн-
ниттэн хаһыытыы хаалла. Онтон, аан диэки одуу-
ласпытынан олорон, долгуйбут куолаһынан боту-
гураан эттэ. — Оокколорбут дьүһүннэрин да... От-
тон биһиги, улахаттар, ардыгар итинник кэдэрги
кэмэлдьилэнэн ылаахтыыбыт дии...

    Тоҕо таҕыста Катя?
   152   153   154   155   156   157   158   159   160   161   162