Page 153 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 153

3. Оҕолор ту гу гы наллары н биир-биир ааттаа.

4. «Ол эрээри маннык охтууга Этиллибэт кэрэ
   оҕоҕо баар» диэн ааптар ты л л ар ы н быһаарар-

   га холон.

        Манна хайанан, аларынан,
       Ханан харах ыларынан
       Хайыһардарым сырыстылар,
       Хаары тыыран субустулар.

       Арыыга, кытылга, алааска
       Анньынна томтор аайыттан —
       Туруору сыырдаах халдьаайыттан
       Толору оҕолоох салааска.

        Көтөн иһиҥ! Ырыа дьиэрэйэр,
        Үтүлүк, бэргэһэ күөрэйэр.
       Арай салааскабыт иҥнэстэр
       Уонна алаарыйан түҥнэстэр.

        Сорох оҕо соруйан сууллар,
        Сохсолуу доҕотторун баттыыр,
        Сорох оҕо туора сыһыллар,
        Сорох туран иһэн атахтыыр.

        Онтон бэйэтэ эмиэ сууллан,
        Сирэйинэн хаары солуур;
       Арыт салааска, уолу миинэн,
       Арыт манна хатыыскалыыр...
   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158