Page 108 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 108
лиэ түгэннэрин умнумаары, уһун быаҕа түмүк оҥорон
иһэллэрэ. Маннык түмүк-сурук кипу диэн ааттанара.
Аан бастаан кимнээх суруйа үөрэммиттэрий? Египет
олохтоохторо, өссө биһиги эрабыт 4 тыһыынча сыл инни-
нэ, тростник тырыыҥкатынан анаан оҥоһуллубут төгүрүк
хаптаҕай туойга суруйаллара. Билигин туттуллар алпаа-
быт түҥ былыргы төрдө ол кэмнээҕи ойуу-сурук буо-
луо диэн сабаҕалыыллар. Холобур, латыын «А» буукубата
оҕуһу көрдөрөр бэлиэттэн тахсыбыт буолуон сөп.
Омук-омук тус-туспатык суруйар: уҥаттан хаҥас,
хаҥастан уҥа, оттон кытайдар, дьоппуоннар үөһэттэн ал-
лара суруйан түһэллэр.
Олох тэтимнээхтик сайдан испит. Египеккэ уу үүнээ-
йититтэн кумааҕыга маарынныыр папируһу оҥорбуттар.
Папируска суруйаары мас чоҕун кытта ууну, килиэйи
булкуйан чэрэниилэ оҥостубуттар. Кэлин тириини ими-
тэн пергамент оҥорор идэлэммиттэр. Пергамент икки
өттүгэр суруллар буолан, папирустааҕар ордук эбит.
Аан бастакы кумааҕыны тутовай мас хатырыгыттан
кытайдар оҥорбуттар. Атыыһыттар итинник кумааҕыны
кистээн Европаҕа илдьэ кэлбиттэр.
«Аан дойду дьиктилэрэ» кинигэттэн
108