Page 109 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААhA
P. 109

Михаил Чооруо´ап

          САХА СУРУКТААХ ЭТЭ ДУО?

     Билиҥҥи саха бүттүүн үөрэхтээх. Ол аата, суругу аах-
пат, суруйбат дьону тымтыгынан да көрдөөн булбаккын.
Арай кырдьаҕастар эбэтэр туох эмэ итэҕэстээх эбэтэр
ыалдьардаах буолан, дэҥ үөрэммэккэ хаалбыт биирдии-
лээн дьон бааллар. Эн бэйэҥ билэр дьоҥҥун, бииргэ
улааппыт табаарыстаргын да ылан көр. Ким хаһыаты,
кинигэни аахпат, суругу суруйбат киһи баарый?

     Былыр итинник буолбат этэ. Үөрэхтээх дэҥҥэ көстөр
буолара. Ол биричиинэтэ биллэр: оскуола, сахалыы
сурук-бичик суоҕа.

     Саха аан бастакы алпаабытын 1819 сыллаахха Георгий
Попов аҕабыыт оҥорбута. Ити кэнниттэн 1851 сыллаахха
Бётлинг алпаабыта оҥоһуллубута. £кт³³п ³р³б³лµµссµйэтэ
буолуор диэри Бётлинг алпаабытынан аҕыйах кинигэ,
хаһыат, сурунаал, саха литературатын бастакы айымньы-
лара бэчээттэммиттэрэ. Сорох үөрэхтээх дьон хардарыта
суруйсаллара. Оттон саха норуотун халыҥ араҥата суру-
га суоҕа. Ол иһин сахаҕа ³р³б³лµµссµйэ иннигэр сурук
баар да буолтун иһин, маассабай көрүҥэ суоҕа диэн
этиллэр. Саха норуота сэбиэскэй эрэ кэмҥэ бүттүүн су-
руктанна.

                                                                                         109
   104   105   106   107   108   109   110   111   112