Page 46 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 46
Софрон Данилов
ТОРБОСТОР
1. Кэпсээни былаанынан аах:
Ийэ сорудаҕа.
Чоочону кытта кэпсэтии.
Хотоҥҥо.
2. Айымньы саха былыргы олоҕун хайдах көрдөрөрүй?
Ол туохтан көстөрүй?
3. Кэпсээни хас чааска араарыахха сөбүй? Ааттаа.
4. Чоочо баай бардам майгытын уонна Манчаары
уйан дууһатын көрдөрөр тыллары булан аах. Кэп-
сииргэ ону туһан.
5. Тиэкис аатын уларытыахха сөп дуо?
Саас. Харалдьык саҥардыы тахсан эрэр. Манчаары
быйыл сайын уон биир сааһын туолар. Хайыы-үйэҕэ
үлэһит буолбута ыраатта.
Ийэтэ, күнүс сүөһүлэрин көрө тахса сылдьан баран,
Манчаарыга эттэ:
— Тукаам, Баһылай, торбосторбут бүгүн сиир отторо
суox. Aбaҕaҕap Чоочоҕо бар эрэ, көрдөһөн көр, баҕар,
биир эмэ түүтэх оту биэрээрэй... Хотоҥҥо от cohop са-
лааска баар буолуо, ону илдьэ бар.
Манчаары салааскатын быатын нотуруускалыы кэтэн
баран, сүүрэ-хаама былаастаан тэбинэн истэ. Өр-өтөр
буолбата, Чоочолоох тэлгэһэлэригэр тиийэн кэллэ. Ман-
чаары бу тэлгэһэҕэ үктэнэрин сөбүлээбэт, ол да гыннар
хайыай — суох мастааҕар кытаанах.
46