Page 50 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 50

бэйэтигэр сыһыары тардан, төбөтүн оройуттан сыллаан
      ылла.

            — Оҕом үөрэхтээх, үлэһит киһи буоллаҕына, Түмэп-
      пий Ньукулаайабыс диэн ытыктаан эһэтин аатынан ыҥы-
      рыахтара. Сыччыай, онон аны Таатыккын хааллар, ыҥыр-
      дахтарына даҕаны ээ диэмэ, — аҕата намыыннык күлэр.
      Ийэлээх эбэтэ оһох чанчыгар туран уолларын диэки
      көрөллөр, тугу эрэ ботугураһаллар уонна эмиэ мичээр-
      дэһэллэр.

       Тылбытын байытабыт

         Кэнсэлээрийэ — хонтуора.

                      А¡ЫСТААХ ЭР КИ¤И

                1. Кэпсээни аах.
                2. Дыыдаччы курдаммыт диэн тугуй?
                3. Ханнык олох кэпсэнэрий? Ол туохтан көстөрүй?
                4. Тиэкис аата туох диэний? Аатын уларытыахха

                    сөп дуо?

            Түмэппий, аҕатын куобах өрөҕөтө* истээх сэлиэччигин
      таһынан ийэтэ хотоҥҥо кэтэр торбос сонун кэтэн, ынах
      быатынан дыыдаччы курдаммыт. Баһылай быһан биэрбит
      хатыҥ ураҕаһынан, нырыыһыттары* үтүктэн, оҕонньор
      тэһэн биэрбит кыра ойбонун харса суох сууралыыр.
      Ол кэмҥэ Баһылай бэлиэ биэрдэҕинэ нырыыһыттар
      тэҥҥэ, иннилэригэр баар ойбоҥҥо сүүрэллэр. Түмэппий
50
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55