Page 71 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 3 КЫЛААС 1 ЧААҺА
P. 71

гар майгыннатар. Ампаарга, сарайга уйа туттар идэлээх.

Соччо үөрдүспэт.
     Сыыр чыычааҕа (береговая птичка,

рогатка, жаворонок снежный). Сылгы чыы-

чааҕын кытта араа-бараа кэлэр. Наар
эниэ, халдьаайы сирдэри, харалдьыктары

кэрийэр. Үөрүнэн сылдьар. Күрүҥнүҥү

өҥнөөх. Бөдөҥ чыычаах. От-мас сиэмэти-
нэн аһылыктанар. Көтөрүгэр саҥаран

         ылар. Киһини чугаһаппат.

              Талах чыычааҕа (дубровник). Ап-
         араҕас түөстээх, төбөтө хара. Үөрдүспэт.

         Талахха олорон уһуннук ыллыыр. Хойутуу

         кэлэр. Тыһыта болоорхой өҥнөөх буолар.
              Ынах чыычааҕа

         (белошапочная ов-

сянка).  Төбөтүгэр хара, үрүҥ,
араҕас    түүлэрдээх, күрүҥнүҥү
өҥнөөх,  өрүөстээх бастаах, хап-

пыт кии өҥнөөх. Уйатыгар ынах

түүтүн туһанар. Сиргэ уйаланар. Сайын алаас саҕаты-
нан, бааһына кытыытынан, эргэ өтөхтөрүнэн ыырданар.

         Үөрдүспэт.

              Күөрэгэй (хохлатый жаворонок).
         Таптал аата туйаарар, далбарай диэн

         ырыаһыт чыычаах. Кыра көҕүллээх, кугдаҥ

         өҥнөөх.
              Чэгиэн-чаҕаан (полевой жаворонок).

         Ыллаабат, «чэгиэн-чаҕаан» диэбит курдук

                          саҥалаах күөрэгэй. Бу чыычаах хаар уул-
луута кэлэр. «Чэгиэн-чаҕаан кэлбит, хаар барар буолбут!»

                                                                   71
   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76