Page 51 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 51

АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН
                      КИСТЭЛЭҤНЭРЭ

       «Д ойдум олоҕун кэпсээнэ» салааҕа эн хас биирдии
киһиэхэ төрөөбүт сирэ саамай күндү, ханна да сырыттар
ахтар-саны ы р сирэ буолары н туһунан Семён Д анилов «Са-
хам сирэ», Егор М ака ро в «А хты лҕан», Н иколай Габыш ев
«Баай дойдулаахпы т» айы м ньы лары гар аахтыҥ.

       Киһи олоҕор хаһан баҕарар араас бы һы ы ны оҥорор
түгэн тиийэн кэлэр. О лортон биирдэстэринэн хорсун бы-
һы ы ны оҥ оруу буолар. Бу — ураты бы һаары ны ы . Билэриҥ
эбэтэр истибитиҥ, көрбүтүҥ да буолуо, эбэтэр уокка был-
дьатан эрэр дьиэттэн, ууга түһэн эрэр дьону бы ы һаабы ттар
туһунан. Ы ты ры ы к ыттан, кэйиик оҕустан эбэтэр кырбана
сылдьар оҕону, киһини быыһааһын эмиэ хорсун быһыы
буолар. Хорсун бы һы ы ны хоргуһа суох, куттаммат уонна
иэдээҥҥэ түбэспит киһиэхэ көмөлөһүөхтээхпин диир киһи
оҥорор.

       Аҕа д ой д у сэриитин саҕана үгүс хорсун бы һы ы оҥо-
һуллубута. Ол туһунан кинигэттэн да, киинэттэн да билэҕин.
Саха сирин хоту улуустары гар холкуостар көһөрүллэн, ф рону
балыгынан хааччыйыыга үлэлээбиттэрэ. О нно хайдах усу-
луобуйаҕа олорон үлэлээбиттэрин Уйбаан Бахсы лы ы рап сэ-
һэниттэн б и л л и ги т. 2012 с. бу к ө һ ө р ү ү 70 с ы л ы н туол б ута.

       Н оруот историяты н чаҕы лхай д ьо н оҥ о рсо л л ор . Саха
норуотугар оннук дьонунан М аксим Кирович Аммосов,
Платон Алексеевич О йуунускай буолаллар. Кинилэр туста-
ры нан электроннай үөрэх кинигэтигэр ааҕаргар сүбэлиибит.
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56