Page 55 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 55
эрэ тугу да ылбакка турбут. Ону көрөн, Үрүҥ Аар Тойон
ыйыппыт:
— Саха, эн тоҕо туохха да тииспэккэ тураҕын? Били-
гин барытыттан матан хаалыаҥ.
— Мин ити баайтан тугу да ылыахпын баҕарбаппын, —
диир саха. — Ити көмүс, изумруд, харчы син биир хаһан
эрэ бүтэр. Миэхэ үйэлэргэ бүппэт, суолтата сүппэт баай
наада, — диэбит саха. Онуоха Үрүҥ Аар Тойон олус
соһуйбут:
— Бачча үлүгэр үп-харчы, көмүс эйиэхэ наадата суо-
ҕун сөҕө иһиттим. Саха, муударай эбиккин. Ол иһин эйиэ-
хэ тыл саппааһын бэлэхтиибин. Эһиги тылгыт байҕал
уутунуу баай, үрүйэ уутунуу ыраас буолуоҕа, — диэн ал-
ҕаан ыыппыт. Саха дьиэтигэр бэркэ үөрэн-көтөн, астынан-
дуоһуйан төннүбүт.
Оҕолоор, ол иһин даҕаны сахабыт тыла, үйэлэргэ мун-
ньуллубут баай буолан, бэрт хомоҕой эбит! Төрөөбүт тыл-
гытын таптааҥ, сыаналааҥ! Тыла суох — омук суох.
Айыына Ксенофонтова
Төрөөбүт тыл туһунан санааҕын суруй.
Үрүҥ Аар Тойон уонна саха кэпсэтиилэрин оруолунан
ааҕыҥ. Ис хоһоонун кэпсэтиһиҥ.
Толкуйдаа. Тобул
Төрөөбүт тыл — улуу учуутал.
К. Ушинскай