Page 119 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 119
АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН
КИСТЭЛЭҤНЭРЭ
«Олоҥхо дойдутун суруйааччылара» диэн салааҕа Са-
ха сирин норуоттарын суруйааччыларын айымньыларын
билистиҥ. Биир үйэ анараа өттүгэр саха литературатын тө-
рүттээбит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Соф-
ронов-Алампа төрөөбүт дойдубутугар айылҕа уларыйыы-
тын туһунан хоһооннорун аахтыҥ.
Талааннаах суруйааччылар Тэки Одулок, Николай Ку-
рилов — дьүкээгир, Андрей Кривошапкин эбээн норуотта-
рын олоҕун туһунан кэпсээннэрин аахтыҥ. Онон бу салаат-
тан эн Саха сиригэр олорор араас норуот олоҕун-дьаһаҕын
биллиҥ. Кинилэр төрүт дьарыктара эн бэйэҥ норуотуҥ
киэниттэн туох уратылааҕын билистиҥ. Мантан сиэттэрэн
бу суруйааччылар атын айымньыларын ааҕан билиигин
дириҥэт, өйгүн-санааҕын сайыннар.
Айар бырайыагынан электроннай кинигэ оҥорон, му-
зейга экскурсияҕа сылдьан билииҥ-көрүүҥ кэҥээтэ.