Page 116 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 116
Көрсүһэр түгэҥҥэ
Ыллыахтаах ырыабын
Сүрэхпэр биэбэйдээн
Хаһаанан сылдьыаҕым.
Тылбытын байытабыт
Тордох — былыргыга ыыһаммыт сарыынан бүрүллүбүт, от-
тон билигин көннөрү тирии бүрүөлээх ураһа (хол., хотугу
табаһыттарга).
Маамыкта — табаны муоһугар иилэ быраҕан тутарга анал-
лаах уһун оҕуур быа.
Турку — кыра чэпчэки сыарҕа, таба сыарҕата.
Иидиэ — дьүкээгирдии эдьиий.
Дьогдьоот — хойукка диэри хаара суох, сир халтаҥынан
туран тоҥор кураан, тымныы (күһүнэ).
«Таба күрэҕэ» уонна «Ат сүүрдүүтэ» диэн тиэмэҕэ
өйтөн суруй.
Олоххор буолбут үөрүүлээх күн туһунан кэпсээ.
Толкуйдаа. Тобул
Хаһан олох — көрдөөх,
үлэ эмиэ — көхтөөх.
Күнүм буолла, күөнэҕим таҕыста,
күөрэгэйим ыллаата.