Page 40 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 40
Бөрөлөр саба түспүттэр.
Мин этим тымныйда. Карабиннаахпын эрэ. Онтон атын
туоҕум да суох. Ыһыгым да, күөһүм да, уотум да.
Суоллаан тэбинним. Табаларым саһааны ойуолаабыт-
тар. Туркулара арыт түҥнэстэр, арыт олордьу түһэр эбит.
Бөрөлөр тилэх баттаһа испиттэр. Уолуйбут табалар, мас-
таах сиргэ хорҕойон быыһанаары, хайалар диэки хабаат-
тыбыттар. Дьэ, оччоҕо бүтэллэр.
Төһө өр сүүрбүппүн өйдөөбөппүн... Сырам быстан, си-
рэйбинэн хаарга умса түстүм.
Ол сытан тыын ыллым. Туран эмиэ тэбинним.
Кэлин тиһэх олох быстан хааллым.
Иҥнэн охтобун. Турабын. Эмиэ барабын.