Page 44 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 44
Сөбүлүүр үлэҕинэн үүнэҥҥин,
Таптыыр идэҕинэн сайдаҥҥын
Дойдугар, дьоҥҥор туһалыаҥ —
Дьоллоох киһи эн буолуоҥ.
Оччоҕо кырпай хаардаах кыһыныҥ —
Харысхаллаах буолуо.
Уйгу-быйаҥ кыһыныҥ —
Уоскулаҥнаах буолуо.
Айбытыҥ-туппутуҥ
Алгыс буолан амалыйа туруо,
Туһалаабытыҥ, тупсарбытыҥ
Сайдыы буолан саргылана туруо.
Олорбут олоҕуҥ
Оҕолоргунан салҕана туруо,
Сандал сааһыҥ
Хатыланан кэлэ туруо.
Самаан сайын
Сай күөҕүнэн чэлгийэн,
Олоҕуҥ Аал Кудук маһа
Кэтирии, чэчирии туруо!