Page 46 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 46

СИТИҺИИБИТИН СЫАНАЛАНАБЫТ,
     БИЛИИБИТИН БЭРЭБИЭРКЭЛЭНЭБИТ

1. Салааҕа киирбит айымньылартан ханныгы сөбүлээ-
    тиҥ? Тоҕо?

2. «Хомолто» кэпсээҥҥэ кыргыттар майгыларыгар сөп-
    төөх өс хоһоонун бул.

3. Бу салааҕа эбии ханнык айымньылары киллэриэҥ
    этэй?

4. Туох саҥаны биллиҥ? Туох санаа эйиэхэ киирдэ?
5. Бу айымньылар дьоруойдара маарыннаһаллар дуо?

    Тугунан?
6. Тимофей Сметанин «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэ-

    рин» уонна Ефим Шапошников «Мэхээлэчээн булчут
    кэпсээҥҥэ» иллюстрацияларын тэҥнииргэ холон.
7. Эппиэтинэстээх буолуу, суобас, о.д.а. сиэр-майгы
    үтүө өрүттэрин туһунан кэпсэтиҥ.
8. Эллэй Сивцев «Чэйдээһин» хартыынатын аахпыт
    айымньыга сыһыаран ырыт.
9. «Омуннаах, көрдөөх-күлүүлээх айымньылар ураты-
    лара» диэн иһитиннэриитэ бэлэмнээҥ.
   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51