Page 22 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 22

II
                   Таґыттан  С а ґ ы л   О й у у н киирэр, сµгµрµс гынан уруйдуур.
                                   Саґыл  Ойуун
                          Уруй-айхал, улуу кырдьа±ас!!!
                          Уруй-айхал, а±а баґылык!!!
                          Сылдьыбыт сырыым сытаммакка,
                          Сыгынах сыр±ана сырайданан,
                          Кэпсэппит кэпсэтиим кэскиллэммэккэ,
                          Кэлэ±эй-тардыас тылланан
                          Кэлэн турабын, улуу тойонум…
                          Бэ±эґээҥІи бэтэнээски
                          Бэрдимсийбэтин,
                          Чугастаа±ы чугуччу
                          Чуубур±аабатын, —
                          Дьыл±а Тойон тыыннаах!
                          Дьыл±а Тойон кµµстээх!
                          Јлір бииґэ ірі кірбµтµн
                          Јрігійдііх ілбіт халлаан,
                          Уодьуганын тардан, у±арытыа диибин,
                          Уґун тускул туругуруо диибин…
                                    Оруос  Баай
                          Улуу ойуун, уруйдуубун!!!
                          Уґун тускул туругурдун!!!
                          Тµґээбит тµµлбµн тілкіліін кулу,
                          Тµµл-биппин билэн, билгэлээн кулу.
                          Кµіх дьар±аалаах, кµлµмнµµр кытыылаах,
                          Кµндээрэр эрэлик умайар уоттаах,
                          Ара±ас толбонноох арылыйар кустук
                          Ар±аа кµілбэр алаарыйан тµстэ,
                          Кµндээрэн кіґµннэ, кµлµмнµµ умайда,
                          Кµіх оттоох кілµйэ кµілµм
                          Кімµс міґµµрэ долгунун ортотугар
                          Куба кыылым долгуйа устан,
                          Куо±аІныы-куо±аІныы, туналыйа сырытта,
                          Килбиэннээх халлааным кэтит иэнигэр
                          Кини µрдµнэн, хоодуот хотой,
                          Тігµрµйэ-тігµрµйэ, чаІыр±аата,
                          Тµірт тігµл чачыгыраата.
                          Хотой обургум куорсуна тыаґаат,
                          Куба кыылбар куугунаан тµстэ,

              22
   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27