Page 27 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 27
Сахабыт сиригэр саргыбыт сайыннын,
Балкыырдаах бай±алым баалын курдук,
Бараммат баайбыт бар±аран та±ыстын.
Уґун уруй! Асхам айхал!!!
Уґун уруй! Асхам айхал!!!
(Ыґыах ыґар.)
Бары
(тура-тура)
Уруй-айхал улааттын!!!
Уруй-айхал улааттын!!!
(Кымыс иґэллэр.)
VI
А й ы ы К у о, кісті сµіргµ олус µчµгэй кыыс о±о, уон икки кыталык курдук
к ы р г ы т т а р ы кытта тахсан, барыларыгар сиргэ тиийэ сµгµрµс гынар.
Бары
(тура-тура)
Уруй-айхал, Айыы Куо!
Уруй-айхал, Кыыс Хотун!
Кэлэр кэрэ кэскил µрдээтин!
Кэлэр кэрэ соргу µксээтин!
Уруй-айхал!
Уруй-айхал!
(Сµгµрµс гыналлар.)
Кыргыттар
(сиэттиґэ сылдьаннар)
Тырымныыр чыычаахпыт,
Тыкаарар далбарбыт!
Алаарыйар халлааммыт
Арылыйар кустуга
Кµндээрийэ кµлµмнээн,
Кµлэр-мичик эргийдин.
Кµлµмнµµр кімµспµт,
Кµігэйэр нусхалбыт!
Сундал маІан халлааммыт
Сулустара тырымнаан,
Дьоллоох олох µрдээтин,
Дьоллоох соргу µксээтин.
Субуруйар долгун
Суґуоххун тарааный!
27