Page 26 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 26
Саґыл Ойуун
(алгыыр)
Уруй-айхал нии, до±оттоор…
Уолар уулаах, охтор мастаах,
Кµндµ кі±ірір кырыстаах,
Кµігэйэр налыы хонуулаах,
Симэ±э-силигэ сиппит
Сир ийэ орто дойдум
Уйгу быйаІа улааттын,
Урусхал са±а уруйданнын.
Доом-эрэ-доом ини!!!
(Ыґыах ыґар.)
Уруй-айхал нии, до±оттоор…
Унаар туманнаах, улуу дор±оонноох,
Кµндээрэр кµіх уот чолбон
Кµлµмнµµр кірір харахтаах
Орой-буурай Орулуос ДохсуІІа
Орто дойду урааІхай сахаттан
Алгыстаах ачыр анньаммыт,
Аат ааттаан, айхаллаан кірµі±µІ.
Доом-эрэ-доом нии!!!
(Ыґыах ыґар.)
Кµлµмнµµр кімµс таІастаах,
Кµлµм-ча±ыл кынаттаах,
Одун дор±оон айаннаах
Ча±ылыйа кµлµмнээн, таІнары
дапсыйан,
Чачыгыраан-дарылаан, этэн-ньиргийэн,
Тµґµлгэбитин чµімчµлээн кірµй.
Тµірэхпитин олордон, уруй-айхалынан
Хотун ойо±уІ кутун-сµрµн
Хоолдьуктаах бэйэбит хоІкуґан
тураммыт,
Алгыстаах арчынан атаарар кµммµт
Айхаллаах бэйэтэ ада±ыйан кэллэ.
Доом-эрэ-доом нии!!!
(Ыґыах ыґар.)
Сир-халлаан хай±алын холбоору,
Сир-халлаан соргутун тутаары
Орто дойду улуу баґылыга
Оруос Баай, а±а тойоммут,
Санаабыт санаата салаллан кэллин,
26