Page 74 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 74
— Иґэллэр, — диэн баран Коля Амыр Бааскатын іттµккэ
анньан кэбистэ.
— Иґэллэр… Ити аата алдьархай буолла±а… — диэн ба-
ран, Амыр Бааската оннун булунан олордо уонна церковнай
ыстаарыґа икки уостаах булгу тутуу доруобун сомуоктарын
туруортаан кэбистэ.
Коля, сµрэ±э битигирэс буола-буола, кэлэн иґэр аттаах
дьону кірі олордо. Кинилэр кэпсэтиилэрэ тохтоото. Аттаах
дьон кµіл ар±аа іттµнээ±и бµтэй айа±ар кэлэллэрин кытта,
тµґэн бµтэй аанын аспыт киґини — Мурунаев о±онньору —
Коля чуолкай биллэ. Аттаах дьон бµтэй бэтэрээ іттµгэр тах-
саат, туохтан эрэ кµргµімµнэн кµлсэ-кµлсэ, засадалаах тумул
диэки хаамтаран бардылар. Оттон Мурунаев о±онньор бµтэй
аанын сабаат, сонун тэллэ±ин ірі арына-арына, тыа диэки
нікµлдьµйэн барбытын кірін, ити хара санаалаах киґи бµтэй
айа±ын саппытыттан Коля абатыйа санаата. БастыІ аттаах-
тар болдьоґуллубут хахыйах аттыгар кэлэн эрдэхтэринэ, Коля
Амыры имнэннэ:
— Чэ, чэ, сіп буолла!..
— Чэ, оччо±о… — диэн баран Амыр Бааската саатын ірі
тутарын кытта, икки уостаах саа тыаґа утуу-субуу дэлбэритэ
бардылар.
Саґан сыппыт дьон, тумул быллараатыттан мµлчµрµтэ ыста-
нан тураат, сааларын тосхолун уларытан аттаах дьон диэки
адаарыччы туттулар уонна ону кытта тэІІэ саалар тыаста-
ра дэлбэритэ барда. Аттаах дьон, хаґыытаспытынан, эргил-
лэ тµстµлэр, ол икки ардыгар кинилэртэн биирдэстэрэ аттан
сууллан тµстэ, сорохторо бµтэй айа±ын диэки ойуттулар. Ол
баран истэхтэринэ, биир ат умса хоруйа тµґэрин кытта, киґитэ
ыраах эґиллэн хаалан баран, ойон туран, до±олоІнуу-до±о-
лоІнуу, тыа диэки сµµрдэ. Оттон тумулга турар дьон диэкит-
тэн улахан, кыра да±аны тыастаах саалар утуу-субуу эстэн
тиІийэ турдулар. Аттаах дьон, бµтэй айа±ар білµіхсэ тµґээт,
аттарыттан тµґэн, бµтэй айа±ын аґар бокуойа суох, тыа диэки
сырыстылар. Саа тыаґыттан уйгуурбут аттар буоллахтарына
µірµнэн кµіл диэки мэнээк сырыстылар.
— Мантан киэр буол, мин хайаан да тµбэстим, — диэн Амыр
Бааска ытамньыйан иґэн, эр хаанын киллэрэн тохтоото. — Чэ,
тµбэстэр тµбэґиим…
«Мин, акаары, улаханнык сыыспыппын, кинилэргэ тэбиилээх
саалар баалларын билбитим буоллар, сигналлыыр ытыыны
74