Page 73 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 73
— Большевиктар буолбатахтар, ол эрээри кыра дьон диэки
буолабыт дэнээччилэр.
— Ити сµрэхтэрин оннугар тааґы укта сылдьар тµікµттэри
кыра дьон диэки буолааччылар дии саныыгын дуо? Суох, ки-
нилэр илэ-бодо баайы кімµскээччилэр.
— Оннугун оннук да… — диэн Амыр Бааската улам сым-
наан барда. — Чыычаахтарым о±олоро, эґиги сурахтарын эрэ
истибит большевиктаргытыгар мэІийэргит иґин, мин эмиэ
булкулла-тэлкиллэ сылдьабын.
— Кинилэр кыра дьону кімµскээччи буолалларын туґунан
туох да бутуура суох биири ійдµіхтээххин уонна кинилэр ал-
дьархайдарын дириІэтиэ суохтааххын.
Кинилэр ити курдук кэпсэтэн истэхтэрин аайы, Амыр Баас-
ката сымнаан, улам-улам Коля тылыгар сібµлэґэн истэ, от-
тон Коля буолла±ына, киґитин тылыгар киллэрэн иґэриттэн эр
ылан, іссі кимэн киирэн истэ.
— Биґиги кинилэри быыґыахпытын ба±арбыппыт да инни-
гэр, ону оІорор кыах суох, — диэтэ Бааска.
— Кырдьык, быыґаан ылар кыахпыт суох, ол гынан баран
алдьархайы дириІэппэт туґугар, тугу эмэ оІорор кыахтаах-
пыт.
— Ону хайдах оІороору гына±ын?
— Оттон эн кэлбит дьон засада±а киириэхтэрин иннинэ
мээ нэ салгыІІа ытыалаан кэбис ээ!
— Чыычаа±ым сыыґа, кірі-истэ, чэмэлийэ олордоххун даа!
Ити иґин тµбэґэрин тµбэґиэм буолан баран, итини булгуччу
оІоруом. Эґигини курутутуом кэриэтин ба±ардар ілµµм да±а-
ны, — диэн баран Амыр Бааската Коляны кууґан ылан сµµґµт-
тэн сыллаата.
— Убаай, чэ ити курдук оІоруохпут, — диэн Коля µірэ тµстэ.
— Ханна кэлэн истэхтэринэ сааны эґиэххэ сібµй? — диэн
Амыр Бааската, Коляны кууспут илиитин ыыппакка олорон,
ыйыт та.
— Олус ыраахтан ыттаххына, тугу да эппэккэ тµбэґэргэр тии-
йэ±ин, оттон арыый чугаґата тµґэн баран ыттаххына, туохха
эмэ сылта±ыран балыйсыаххын сіп. Ол бµтэй айа±ын киирэн,
бастыІнара хахыйах аттыгар чугаґаан эрдэхтэринэ ытаар!
— Сіп, сіп, — диэтэ Бааска.
Ити икки ардыгар, ар±аа µрµйэ баґын диэкиттэн хара ту-
ман оргуйан киирбитин анныгар ірµтэ тэйиэккэлэґэр точкалар
кіґµннµлэр.
73