Page 68 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 68

Ыйытыылар уонна сорудахтар

                1.  Хаһааҥҥы  кэм  ойууланарый,  Мейер  Едлин  диэн  кимий?
                   Кини  этэр  тылларын  киһи  ылынар  дуо?  Этэрээти  ханна
                   илдьэ барда?
                                          * * *
                Большевиктары сойуолуур араллаан ортотугар баар буолан
             хаалбыт Коля Манасов алдьархай чугаґаабытын чуолкай бил-
             битэ. Маарыкчаантан турбут этэрээт бµгµн Сыган нэґилиэгин
             сугулааныгар  тохтообутун  кэннэ,  тойоттор  Чардаара  таІара-
             тын дьиэтэ турар тумулугар тахсан иґэн, туох эрэ дьулааннаа-
             ±ы  кірбµт  курдук,  таІнары  сырсан  тµспµттэрэ  уонна  аттары
             миинэ  охсорго  приказтаабыттара.  Кинилэр,  бу  курдук  пани-
             ка±а  тµспµт  этэрээт,  тохтообут  ыалыттан  быдан  тэйбиттэрин
             эрэ кэннэ уоскуйбуттара уонна тугу эрэ сµбэлэґэн баран, Му-
             рунаев о±онньору тіттірµ ыыппыттара. Итинэн буолла±ына, бу
             со йуо лаґар большевиктар Чардаара таІаратын дьиэтин таґы-
             наа ±ы  ыалларга  баар  буолуохтаахтарын  Коля  сэрэйэн  бил -
             битэ.  Кини  Дьµлэйи  кытта  мэІэстэн  иґэн,  большевиктары
             ірµґµйэр  кµµґэ  суо±уттан  абатыйан,  ыстаанын  абырахтаах
             тобугун  сутур±аабыта.  Кини  хаґан  да  кірбітіх  большевикта-
             рын бэйэтин дьонунан аа±ынара. Ол манныктан тірµттээх этэ:
             былырыын  саас  муус  устар  ый  са±ана  МаарыкчааІІа  баай
             Евграф  уола  Кеша  Тускаев  кэлбитин  кэннэ  митинг  буолбута.
             Инороднай  управа  террасатын  анныгар  дэриэбинэ  олохтоох-
             торо мунньус тубуттара. Атыыґыттар, а±абыыттар уонна баай-
             дар-тойоттор  дьон  иннигэр  киирэн  турбуттара.  Бэйэлэрин
             революционердарынан  ааттанааччылар  бары  тыл  эппиттэрэ.
             Кинилэр бары, µтµктµспµт курдук, ыраахтаа±ы уґуллубутунунан
             дьону  э±эрдэ лээн,  ханнык  эрэ  кіІµл  туґунан  дой±охтоон  ба-
             раллара. Онноо±ор Герасим а±абыыт терраса±а тахсан, киэІ
             сиэхтэрдээх илиитинэн далбаатана-далбаатана: «Баайдар та-
             Іара саарыс тыбатыгар киириэхтэрин кэриэтэ, слон кыыл иннэ
             µµтµгэр  батыа±а!»  —  диэн  хаґыытаабыта.  Дьэ  итинэн  Коля
             кірµµтµгэр а±абыыттыын, баайдыын бары революционер кур-
             дук буолан тахсыбыттара. Бµтэр тиґэххэ Кеша Тускаев тыл этэ
             тахсыбыта. Кини дьон ортотуттан уґуллан терраса кирилиэґин
             дабайан  эрдэ±инэ,  быыпсай  кулуба  Адам  Будашевскай,  ки-
             нини таптыы кірін, киІинэйбитэ.
                — Евграф Евграфович Кешата улаатан хайыы µйэ µірэхтээх

              68
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73