Page 63 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 63
СЕМЁН СТЕПАНОВИЧ ЯКОВЛЕВ–ЭРИЛИК ЭРИСТИИН
(1892—1942)
Хайа даҕаны норуот ытык дьонун
умнубат, кинилэри үйэтитэр буолла-
ҕына, үтүө үгэс салҕанар.
Семён Степановия Яковлев-Эрилик
Эристиин — саха литературатын кы-
лаассык суруйааччыта. Кини олоҥхо-
һут, хоһоонньут, кэпсээнньит, сэһэн-
ньит бы һыытынан киэҥник биллибитэ,
айым ньылара дьоҥҥо-сэргэҕэ күүскэ
кэ рэх сэммиттэрэ, биһирэммиттэрэ.
Кини төрөөбүт норуота сайдыы-
лаах, дьоллоох олоххо тиийэрин туһу-
гар дьулуурдаахтык турууласпыта, тах-
сыылаахтык үлэлээбитэ, олоҕун уонна
айар үлэтин бүтүннүүү ол туһугар анаабыта. Кини үрдүк со-
ругу ситиһии холобурун тус олоҕунан көрдөрбүтэ — Семён
Степанович, ыарахан ыарыыга ылларан, көрбөт да буолан ба-
ран, айар-суруйар үлэттэн тэйбэтэҕэ, сытыы бөрүөтүн ыһык-
тыбатаҕа.
Саха суруйааччыта, нуучча сэбиэскэй кэмин биллиилээх
суруйааччыта Николай Островскай холобурун батыһан, эмиэ
хорсун быһыыны оҥорбута. Көрбөт буолбут суруйааччы саха
литературатын маҥнайгы арамаанын — «Маарыкчаан ыччат-
тарын» суруйбута. Бу — саха уус-уран суругун сайдыытыгар,
ураты бэлиэ эрэ буолбакка, биир уһулуччу долгутуулаах чахчы.
Эрилик Эристиин чаҕылхай олоҕо, баай ис хоһоонноох айар
үлэтэ үөрэтиллэ-чинчиллэ турара, дьоҥҥо-сэргэҕэ, кэнэҕис-
ки ыччакка тиийэрэ — улахан суолталаах. Ити барыта биһиги
уопсастыбабытыгар киһилии сыһыан-майгы туругуран иһиити-
гэр бигэ тирэҕинэн буолар. Тоҕо диэтэххэ, Эрилик Эристиин
эппитин курдук, «Олох икки, үөрэх икки биир кииннээхтэр».
Е.А. Борисов
МААРЫКЧААН ЫЧЧАТТАРА
* * *
Дьаам сµµрдээччи Коля уол сырыыттан тіннін кэлэн дэриэ-
бинэ уґугар киирэн иґэн, айан устатын тухары удьук-садьык
63