Page 67 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 67
Стоянович холбоґуктаах баандалара Гордеев атамаан этэрээ-
тинэн Якутскайга µлтµрµтµллµбµттэрэ. Кинилэртэн куоппут
бандьыыттар сорохторо биґигини туґаайан иґэр сурахтара
иґиллэр, ону тутар соруктаах биґиги бµгµн барабыт. Эґиги
социалист-революционердар идеяларын иґин турааччы µтµі
санаалаах гражданнар, бу умайан иґэр уоту умулуннарар ин-
нигэр туох баар кµµскµтµнэн кыттыахтааххыт!
Дьон эсер этиитин бµтэриитигэр, сааларын истэригэр ійіін
тураннар, µгэстэринэн ытыстарын таґыннылар. Терраса кири-
лиэґин таІнары тµґэн иґэн, Едлин кини биллибэт дьыл±а±а
баран эрэриттэн кыламаннара сиигирбит Маша Яснецкаяны
кытта илии тутуґан бырастыыласта уонна, бэйэтэ этэрээт на-
чальнига буоларын биллэрэ таарыйа, суостаахтык хаґыытаата:
— Бары аттаргытыгар!..
— Мейер Янкельевич, мин аттарбын а±алтаатым, кинилэри
кимиэхэ туттарабын? — диэн Едлинтэн чобоо ба±айытык Коля
ыйытта.
— Эн, бэйэІ эмиэ барса±ын! — диэн Едлин, ааґан иґэн,
быґа тардан хоруйдаата.
Коля бэйэтэ хааларын туґунан ону-маны этэн кірбµтэ са-
таммата. Бары аттары ылан миинэн бардылар, оттон ба±а-
та суох эрээри булгуччулаах сорудах быґыытынан барсар
буол бут Коля Дьµлэй Баабылыгы кытта мэІэґиннэ. Сэрии
µрдµк сололоо±ун быґыытынан, Мейер Едлин бастаата, ки-
нини бэйэтин чугас дьонноро арыаллаан, сµдµ киґи киэбин
бµтµн дэриэбинэ±э кірдірдµлэр. Кинилэр большевиктарга
істііх баайдар тµннµктэрин аннынан барар наадатыгар, быґа
суолу хаалларан, дэриэбинэни эрийэ-буруйа бардылар, ону
дьиктиргээбит о±олор уонна дьахталлар батыґа кірі хааллы-
лар. Дьэ, кинилэр дэриэбинэттэн тахсан, Омоон µрэх хотугу
эниэ тин дабайан, сорунуулаах айаІІа киирдилэр.
Тылбытын байытабыт
Партия, революционер, обывательскэй дьиэ, земскэй управа,
большевик, учредительнай мунньах, трибуна, гимназистка, социа-
лист, аҕабыыт, эсер диэн тыллары быһаарсыҥ.
67