Page 64 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 64
айаннаабыт аттары кымньыылаан биэрэрин кытта — аттар
хамсаныылара кµµґµрбµтµн дьµірэтинэн, били, имик-симик
сибигинэйэ испит µс чуораан сытыы чыІкынас ырыаларын
ыллаабытынан барбыттара. Омоон µрэх кµрбэтин эрчимнээх
тыаґынан дьигиґитэн тахсаат, дэриэбинэ ар±аа уґугар кир-
пииччэ сарайыныын кэккэлэґэ турар дьиэ диэ ки быґа астаран
кэбистэ. Кини аттарын сарай таґыгар тохтотон сыгынньахтаа-
быта, атын сэбин сарай иґигэр киллэрэн ыйаабыта уонна
дьиэ ±э киирбитэ.
— Хайа, тукаам, аттарыІ мілтіібітµлэр дуо? — диэн Коля
ийэтэ Екатерина, сырыы аайы бастаан кэпсэтэр µгэґинэн,
ыйып пыта уонна оргуйбут сылабаарын остуолга уурбута.
— Мілтіібітµлэр, — диэн Коля, сылаатыттан элбэ±и саІа-
рыах ба±ата суох буолан, судургу хоруйдаабыта уонна эІээр-
дэринэн илдьирийбит халтаІ сонун ыйаан баран, кыбылла-кы-
былла биллэриккэ киирэн олорбута.
Коля, 15 саастаах, сааґыгар сіп со±ус µрдµк эрээри ыры-
ган, сэргэх сирэйдээх-харахтаах уол этэ. Кини Маарыкчаан на-
чаа лынай оскуолатын бµтэрбитэ уонна кэнники икки сыл баай
Моргуев хамначчыта буолан муІу-сору кірбµт а±атыгар —
До±ордуку СэмэІІэ кіміліґін, сырыыга сылдьар буолбута.
Бу барыны бары тірдµгэр тиийэ ыраІалаан билэр уол, Маа-
рыкчаан албын революционердарын итэ±эйбэт буолан испитэ.
Ити революционердарынан ааттанааччылар, µрдµк трибуна±а
тураннар, эІин араас партиялар ааттарыттан кіІµл туґунан
дой±охтообуттара кідьµµґэ суох хаалан испититтэн тахсыбы-
та. Кинилэр бэйэлэрэ эппит тыллара тµмµгэ суох хаалыыты-
гар ханна эрэ Учредительнай мунньа±ы ыспыт большевиктары
буруйдаан хаґыытаґыылара да±аны эдэр ійµ-санааны астын-
нарбат буолбута. Оттон ити итэ±эллэрин сµтэрбит хаґыытыах-
сыттар икки ырбаахылаах киґиттэн биирдэґин уґултаран ылар
дьон баалларын туґунан ынырык кэпсээни кэпсииллэрэ. Чэ,
ол эрээри Коля сир µрдµгэр кырдьыгы этээччи дьон баар буо-
луохтаахтарын туґунан биири эрэ булгуччу эрэнэр буолбута.
— Тукаам, Татыайыгы тутан хаайбытта𠵴µ, — диэн µгµс
саІалаах Екатерина бµгµн истибит солунун уолугар кэпсии
олорбута.
— Ол то±о? — диэн Коля маа±ын киириэ±иттэн ыла бу эрэ
кэпсээІІэ сэргэІнии тµспµтэ.
— Ол хара сордоох бэйэтэ да±аны туох эрэ буолбут. Бэ±э-
ґээ таІара дьиэтигэр ыллыы турдахтарына киирэн, Герасим
а±абыыты µіхпµт, Мончууранан ойохтообут. Ол иґин тутан
64