Page 62 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 62

Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

                        Уус-уран литератураны чинчийииттэн

                К. О. Гаврилов,  саҕалааччы  буолан,  саха  прозатыгар  туох  суолу-
             ииһи хаалларбытай диэн ыйытыыга маннык хоруйдуохха сөп. Баста-
             кытынан,  кини  өрөбөлүүссүйэ  иннинэ  саха  олоҕун  уларыппакка,
             хайдах  баарынан  ойуулааһын  маҥнайгы  холобурдарын  биэрбитэ;
             иккиһинэн,  кэпсээннэрин  барытын  өс  хоһооннорунан  ааттаан,  олох
             (норуот) муудараһын сүрүн идиэйэ оҥостон, ол муудараһын арыйар
             үйэлээх кэпсээннэри айбыта; үсүһүнэн, саха уратылаах эстетикатын
             олохтон бэ йэтиттэн булан, уустук-ураннык көрдөрүү маҥнайгы холо-
             бурдарын биэрбитэ кэрэхсэниэх тустаах.
                «Кэччэгэйтэн  кэлтэгэй  хамыйахтаах  басыґар»  кэпсээн  1912  сыл-
             лаахха суруллубут. Манна баай-дьадаІы міккµірэ айымньы баґыттан
             ата±ар тиийэ ырытыллар буолан баран, киґи икки ардыгар (баа йыт-
             тан-дьадаІытыттан  тутулуга  суох)  сиэрдээх  сыґыан  баґы йыахтаах
             диэн Чеховтыы тµмµк санаа этиллэр. Кэччэниэ суох айылаахха кэччэ-
             нии  уон  оччо  ороскуоттаах  буолар  диэн  мораль  билиІІи  ырыынак
             усулуобуйатыгар ордук то±оостоох курдук буолан тахсар.
                                                            В. Н. Протодьяконов

                Ба±ар,  К. О. Гаврилов  литератураттан  эрдэ  тэйэн  суруйуута  а±ы-
             йах  да  буоллун,  ол  эрээри  бу  дьиІнээх  саха  Чехова.  Киґи  со±отох
             да  айымньытынан  аар-саарга  аатырыан  сіп.  Холобур,  А. С. Грибое-
             дов «Јйтін муІнаныыта». Суорун Омоллоон аІаардас «Аанчыгынан»
             да  сиппит-хоппут  суруйааччы  быґыытынан  биллибитэ.  Кузьма  Оси-
             пович  —  саха  прозатын  са±алааччы  (Кулаковскай  бэйиэт  этэ,  Соф-
             ронов  —  драматург).  КэлиІІи  саха  прозаиктара  (Неустроев,  Амма
             Аччыгыйа,  Суорун  Омоллоон  уо. д.а.)  Гаврилов  уопутугар  тирэ±ир-
             биттэрэ чуолкай.
                                                                И. И. Барашков


             Аах. Бил. Туһан

                1.  И. И. Барашков.  Махтана  саныыбын  /  Кузьма  Осипович
                   Гаврилов. — Дьокуускай: Бичик, 1993. — 52—55 с.
                2.  Кузьма  Осипович  Гаврилов  /  М. Г. Старостин  ойуулааһы-
                  на. — Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1993. —
                  128 с.
                3.  В. Н. Протодьяконов.  «Мин  билбэппин  ханна  кімµллµбµк-
                  кµн…» / Кузьма Осипович Гаврилов. — Дьокуускай: Бичик,
                  1993. — 58—68 с.

              62
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67