Page 101 - Саха тыла 8 кылаас
P. 101
дьыгын эттэххэ, оскуола баай, би´иги бэлэхпитигэр наадыйбат да±а-
ны. 3. Кэнники сылларга, мин дьонум этэллэринэн, олох к³н³н, дьон
к³±μ´э-к³±μ´э дьиэ тутталлар. 4. Кинигэ аахпытым диэн, ити и´игэр
эттэххэ, мин сымыйалаабата±ым, кырдьык аахпытым. (Д)
171. Араас кыбытык тылы туттан, олоххутугар буолбут дьикти
түбэлтэ ту´унан санаа±ытын суруйу². Сурук бэлиэтин туруо-
ру².
13 §. Толору уонна толорута суох этии
Этии ис хо´оонун арыйар чилиэн барыта баар буол-
ла±ына, толору этии диэн ааттанар.
Этии ис хо´ооно инники этииттэн ³йд³н³р буолла±ына, сорох чи-
лиэнэ к³тμ³н с³п. Оннук этии толорута суох этии дэнэр. Холобур:
— Луохтуур, тойоон, бэйэ, күҥҥэ хаста иһэҕин диэтиҥ!
— Үстэ.
— Сөп. Ол аата омурҕаҥҥа биирдиитэ буоллаҕа дии.
— Луохтуур тойоон, бэйэ, тугунан иһэҕин диэтиҥ — сэлиэнэйинэн
дуу, ньуосканан дуу, таммаҕынан дуу!
— Таммаҕынан.
— Туо-даа-аа!
— Таммаҕынан. 15-тии таммах биирдии ньуоска ууга.
— Сөп. Ол аата таммаҕынан буоллаҕа дии… О, чоллурҕатан, астыга
суох буолсу, оҕолоор… (СО)
· Тиэкискэ туһулууну, кыбытык тылы, араарыллыбыт сиһилиини булуҥ.
Тыл ситимин силлиспит холобура хайа тылга көстөрүй?
Толорута суох этии үксүн кэпсэтии тылыгар туттуллар. Уус-
уран айымньы тылыгар дьон кэпсэтиитэ диалог быһыытынан бэ-
риллэр. Манна хардарааччы эппиэтэ толорута суох этии буолар.
Оттон биирдии-иккилии тылынан бэриллэр ааттыыр этии толо-
ру этии буолар. То±о диэтэххэ, санаа барыта толору этиллэр.
Тэҥнээҥ: …Уон иккис сылын күүтэр. Олорор. Өссө күүтүө. Өссө
олоруо… Сүрэ±эр, өйүгэр туох санаалар харсаллара буолуой?..
Тула — үрүҥ туундара, үрүҥ халлаан. ¥рүҥ дьол. (НГ)
101