Page 163 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 163
Эккирэтэн, чааһы быһа
Этэн аҕай биэрдэ.
Ийэлэрэ хардарбакка
Иһирдьэ-таһырдьа тахсар.
Этэри истибэт ийэ
Эрэйдээх да буолар дьиҥэ.
Сыһыаны уларыттахха
Сатаныыһы... бадаҕа!..
Муус анньан, мас кыстаан
Буллугунаһан бараллар.
Сорох кинигэ дьаарыстаан,
Сорохтор иһит сайгыыллар.
Ийэлэрэ көнньүөрбүт,
Ис-иһиттэн үөрбүт.
Тута майгыта-сигилитэ
Тупсубута биллибитэ.
Константин Туйаарыскай тылбааһа