Page 166 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 166
Ийээ, эн олор, сынньан, сөп дуо? Ньирэйи мин
булан аҕалыам, уокка оттор маһы мин кыстыам.
Уонна сыһыы диэки сүүрэн элэстэнэн, тэллэҕэ
тэлээрэн хаалбыт. Клара буоллаҕына, ийэтигэр
көтөхтөрөн, биир-кэм үрүт-үрдүгэр уураан чубур-
ҕата олорбут.
— Мамочкам! Мин эйигин күүскэ да күүскэ тап-
тыыбын.
Сыһыыттан ньирэйин сылгылаан, хонук маһын
кыстаан бүтэн, Маайа тиритэн-хорутан тиийэн
кэлбит:
— Үлэбин бүтэрдим, ийээ!
— Оҕом барахсан, — диэбит ийэтэ уонна кыыһын
сүүһүттэн уураабыт.
— Чэ, бар оонньоо. Мин манна күн уотугар сы-
ламнаан олоруом.
Маайа оонньуу тэбиммит. Клара ийэтэ ньилбэ-
гиттэн түһэн, эмиэ оонньуу сүүрбүт.
— Айыы-айа! Ньирэйим ханна тиийдэ буолла?
Ньирэйбин көрдүү бардым, — диэбит Клара ийэтэ
уонна сылайбыт быһыынан аа-дьуо сыһыы диэки
бара турбут.
Икки кыыс уонна икки ийэ.
Икки кыыстан хайалара ийэтин ордук таптыыр
эбитий?