Page 169 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 169
ка барыахпыт. Иван Иванович Москваттан кэлбит.
Онно мэнигилии олороойоҕут.
Сарсыныгар кинилэр аргыс киһи тэлиэгэтигэр
олорон куораттаатылар.
— Балтыгар бардыҥ дуо, бу? — диэтэ аргыс
киһи айаннаан иһэн, кэннин диэки хайыһа түһээт.
— Ээ, балтыбар, Иван Иванович Москваттан
кэллэҕинэ, оҕолоргун илдьэ киирээр диэбитэ. Ол
бэҕэһээ кэлбит үһү.
Уонча километры тулуппатылар, Анна Сергеев-
на олорор дьиэтин олбуорун айаҕар сиэллэрэн
битигирэтэн кэллилэр.
Анна Сергеевналаах чэй иһэ олороллор эбит.
Мишалаах киирбиттэрин Иван Иванович айхал-
лыы тоһуйда. Горикка Иван Иванович эҥин араас
оонньууру аҕалбыт: эрэсиинэ мээчиктэр, саалар,
таһаҕаһы таһар, киһини тиэйэр массыыналар, эрэ-
сиинэ куобахтар. Оҕолор Горик уолу кытта оон-
ньоотулар. Иван Иванович Мишаны көтөхтө. Араас
көтөрдөрү үүт-үкчү гына кырааскалаан уруһуйдаа-
быт хартыыналардаах кинигэни көрдөрдө. «Хол-
куостаах бааһынай» диэн кинини оонньоон аат-
таата. Киэһэ баралларыгар Анна Сергеевна оҕоту-
гар эттэ:
— Горик, оонньуургуттан бырааттаах балтыгар
бэлэхтэтэлээ.
— Кимиэхэ тугу? — диэтэ Горик.