Page 173 - Литература ааҕыыта 2 кылаас
P. 173
АЙЫМНЬЫ ДОЙДУТУН
КИСТЭЛЭҤНЭРЭ
«Үчүгэйтэн үөрэбит, куһаҕантан хомойобут»
диэн салааҕа олоххо көстөр араас быһыы-майгы
туһунан айымньылары аахтыҥ. Кэпсээн дьоруо-
йун майгытын ырытарга, бэйэ уонна атын киһи
быһыытын сыаналыырга, айымньы сүрүн са-
наатын, сиэр-майгы ойууланыытын быһаарарга,
айымньылар маарыннаһар түгэннэрин, сүрүн
санааҕа сөптөөх өс хоһоонун, таабырыны булар-
га, худуоһунньук ойуутун айымньыга сыһыаран
кэпсииргэ үөрэнниҥ.
Бииргэ үөрэнэр, оонньуур доҕоргор, дьоҥҥор
өрүү үчүгэйдик сыһыаннаһарыҥ үтүө быһыы
диэн буолар. Эн бэйэҥ кимиэхэ эмэ көмөлөспүт,
туохтан эмэ быыһаабыт буоллаххына, ол үчүгэй
быһыыгын кинилэр өргө диэри ахталлар, махта-
наллар. Ол иһин сахаҕа «Киһи үтүөтэ үс үйэ ту-
хары умнуллубат» диэн өс хоһооно баар. Онон
аһыныгас, амарах майгылаах буол.